Окко киирэр алгыс
Эбэ хотун иччитэИлки-талкы эмээхсин,Улуу хотуур иччитэУлуу Уһаанньал оҕонньор,Аан дойду иччититтэнКөрдөһө киирэн,Аҕыс сүһүөхтээхЧокуур күөх оккуттан,Уолан тиийбэт уйгугуттан,Кэһэн тиийбэт кэскилгиттэнТииһэн аһыы түһээрибин,Хоройор муостаахпын,Уһун сиэллээхСыһыы муҥунан сылгыбынИитэр-харайар наадатыгарКиирэн турабын,Охсон киирэн бараарыКөрдөһө турабын.Аан дайды айылҕатыттанТииһинэн аһыы түһээрибин.Аан дойдум иччилэрэ,Аһааҥ, таҥныҥ!Ахтаах арыынанАһатан-сиэтэн,Уунан тиийбэт уйгугуттан,Бука диэҥҥин,Биэрээр диэммин көрдөһөбүн.
Страницаиз36
СкороКнижный режим