Булт алгыһа
Аал уот иччитэ, аһаа-сиэ!Тыа иччитэ Байанай, аһаа!Байанай иччитэБаттах сарын,Барыылаах баатыр,Байам-сайам тутуу,Кыа хаан үктэллээх,Көп сөгөлөөн түүлээх олохтоохКурадай Бэргэн Кураҕаччы Сүүрүк,Тыа иччитэ сэттэ ини-бии дьон,Эһигиттэн дьол-саргыКөрдөһөн эрэбин.Элиэҕэ эргитэн, тоҥууга торутан,Хаҥылгын сымнатан,Тартыккын чычааһырдан,Хара тыам иччитэ, харайаҥҥын,Күөх тыа иччитэ, күөйэҥҥин,Хорой кыыл хонуктааҥҥын,Үөҥэс кыыл үтэлээҥҥин,Өргөстөөх үтүө буургунанүөрдэҥҥин,Тоҕус ойдох туоллан буурунантосхойоҥҥун,Ардай аһыылааҕыҥХардааччытынан айаҥҥын,Күөх тииҥҥинэн күөтүлээҥҥин,Кыһыл саһылынанкымньыылааҥҥын,Буурай кэрэмэһинэнмоонньохтооҥҥун,Хара саһылынан хардыылааҥҥынСырытыннаран аҕал!
Страницаиз36
СкороКнижный режим