Кыыс сүктэн барарыгар аҕатын алгыһа
Бүгүҥҥү үс өргөстөөх үрүҥ күнүмҮүнэн, үөскээн тахсан турдаҕына,Дьоллоох олоххутун томторго туойарҮтүө күнүм буолла!Соргулаах олоххутунАйхаллыыр кэмим буолла!Аал уоту оттор, алтан сэргэни анньарАлаһа дьиэни айгыһыннарар кэмҥитигэрУҥа диэки хонноххут анныгарТоҕус ордоо дугуйУолаттарда уктунаарыҥ!Хаҥас диэки хонноххут анныгарСэттэ кындыа кылысКыргыттарда кыбынаарыҥ!Түөрт саханы төлкөлөөбүт,Үс саханы үөскэппитҮрүҥ Айыы Тойон оҕонньорҮөр хабдьы курдук үрүҥ туҥуй тыынынанКүрүөлүү түһэрэн олортун!Аттаах үтэтэ, сатыы тайаҕа буолаарыҥ!Ааспыты аһатаарыҥ,Тоҥмуту ириэрээриҥ!Тутайбыты салҕаарыҥ,Доҕолоҥ сүһүөҕүн уута буолаарыҥ!
Страницаиз36
СкороКнижный режим