Тиэргэн алгыһа
(Тиэргэн ортотугар уот оттуллар,кытыйаҕа суорат кутуллар уонна тула ыһыллар.)Үрүҥ тунах, үрүҥ тунах, үрүҥ тунах,Ас үрдэ, ас үрдэ, ас үрдэ!Үрүҥ тунах, үрүҥ тунах, үрүҥ тунах!Илгэ-быйаҥ эҥээрдээхЭдьэн Иэйэхсит эбэбит,Эн ааккын ааттаанИһэгэй тиэргэн эрэмэҕин иннигэрКөрдөһөр күммүт буолла!Ыыраахтааҕы ыырыма,Тумустааҕы туурума,Суон сүлдьүгэскин төлөрүтүмэ,Халыҥ халҕаҥҥын халбарытыма,Көмүс уйаҕын көлбөҕүрдүмэ,Томторуктааххын туоратыма,Мүһэлээххин мүччүрүтүмэ,Суҥнаах ытыстан,Соргулаах иэдэстэн,Төлкөлөөх түөрэхтэн,Төлөккөй төрүөхтэн!Уруй, үрүҥ илгэ!Уруй, үрүҥ илгэ!Уруй, үрүҥ илгэ!
Страницаиз36
СкороКнижный режим