Сэргэ алгыһа
Тоҕус уостаахАар баҕах сэргэм иччитэ,Үс булас, булас быһаҕаһаХатыҥ мас торуоскалаахСэргэ иччитэМотой Тойон эһэм оҕонньор,Эйигиттэн көрдөһөрүм да күннээх,Ааттаһарым да ахсааннаах!Быстан-быстан была буолбут,Тохтон-тохтон тобох буолбут,Баранан-баранан барахсанбуолбут,Кэҥсиги кэтэспит,Муҥсукка моҥолдьуйбут,Туох сахтан туорхаһыйан сылдьарТокур уҥуохтаах туун тулаайахбэйэмТүөрт сүһүөхпүнэн сүгүрэйдэнэнКөрдөһөр кэм-кэрдиим,Бото-болдьоҕум буолла.Үөһээ дайдыга үс хаттыгастаахҮөлэт маҥан халлаанҮрүт кырыытыгарҮөскээн-төрүөн олорорҮүс тыһа үргүлдьүлээх,Үкэр куйаас тыыннаах,Үрүҥ туорум былыт олбохтоох,……………………………...........Быттыккар быркылатан,Хойоҥноох хонноххорхорҕотон,Көмнөхтөөх баай харыйа саҕаКөй чаҕылҕан тыыммытынБэйэҕэр эрчийэн,Орто мыраан дайдыгаОһол өлүү улааттаҕына,Харкырыыр хабдьы саҕаАйыы сириэһининэн урсуннаан,Кэлбиттэри кэбэлитэҥҥин,Күтүрдэри күрэтэҥҥин,Дьоллоох тиэргэммитигэртохтотума,Киэргэллээх тиэргэммитигэркиллэримэ!
Страницаиз36
СкороКнижный режим