Дьиэ тусаһатын алгыһа
Аал уотум тэрилэ,Киирэр дьиэм тэрилэ,Абыраллаах Айыы Тойонаҕам анаабыта,Ньирэйгин ньиккирэт,балчыргын барҕат,Үрүөлээххин үөрдээ,көҕөннөөххүн көччүт,Хаһалааххын харыһый,Холоҥсолоох хотонум тэрилэ,Дьаардаах тиэргэним тэрилэ,Абыраллаах Айыы Тойон аҕамАнаабытынан оҥоһуннум.Айбыт Айыыһытым,Ииппит Иэйэхситим,Абыраа! Былаҕайга былдьатыма,Дэлэгэйгэ диэлитимэ,Суон сүлдьүгэскин төлөрүтүмэ,Халыҥ халҕаҥҥын халбарытыма.Ииппит Иэйэхситтэрим,Айбыт Айыыһыттарым,Ойуулаах от-мас иччитэ,Үүт таас бэйэлээх,Үүт күөл олохтоохҮрүҥ Айыы Тойон аҕамылгын уола,Тоҕус сылы мэлдьисидьиҥ-босхоҥБуолан сыппытКүөрэ Дабаан Дархан,Кыыра Бырдьа,Маҥкы Батас,Кындыс Кымньыы,Хахай Саҥыйах,Бэдэр Бэргэһэ,Байба Дьилбэх,Аал уот эһэм!Орто дайдыга тоҕус тордуулаахСырайдаах курдук үөрдэриччилэриттэнКөмүскүү, аһына тур.Адьарайтан аһын,Былаҕайга былдьатыма,дэлэгэйгэ диэлитимэ.Үйэлээх сааһым тухарыбаай байаммын,Тот тотоммун, сүөһү ииттэммин,Оҕо төрөтөммүн, киһиолоҕун олороммун,Олордорбун диэммин оҥоһуннум.Айыы Тойон аҕам, сырдыктыыҥҥын түһэр —Мин дьиэм тусаһатыгар!
Страницаиз36
СкороКнижный режим