Сирдэр-дойдулар тустарынан
Былыргыга да,Билигин даМодун оҥоһуутунанМоскуобаттан ордукМуҥутуур куорат баарынӨйдүөн-дьүүллээнИстибэтэҕим.ДьулааннаахУһун хонуутаТупсубут,КэҥкэмэлээхКиэҥ хонуутаСиппитАлта үөстээхӨлүөнэ өрүстэнОрдукХотугу дойдугаУлуу үрэҕиӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Кырылас кыдьымахтаах,Кыһыл кумах кытыылаах,Кылырыйар чысхааннаах,Кыыппах таас кыһарҕаннаах,Күөх тиит көмүөллээх,Сиик туман сипсиэрдээх,Өҥнөөх сарыы үктэллээх,Аарыгар халҕаһалаах,Аан туман аргыардаахХоту сир yhyгapАллантан ордукУлуу үрэҕиӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Эскэх тыйЭҕии кутуругаЭҕэрдэстээх,Ороһу кулунУйуллаахКутуругаУруйдаах,ЧахчырҕалаахКулунСаппайдаахКутуругаДьаралыктаах,БаараҕайАтыыр оҕусЛиҥкинэччиМөҥүрүөбүт,Баараҕай атыырБарылаччыКистээбитТамалҕаннаахТалахтаахТаатта алаастанОрдук алааһыӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Бороҕон улууһугарБүлтэччи көстүүтүнэнӨксөкү кыыл курдукУтарыта дьохсооттоһоОлорорИкки таҥара дьиэлээхМүрү эбэттэн ордукҮтүө сириӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Мэҥэ улууһугарТөгүрүччү көстүүтүнэнТөҥүлүттэн ордук күөлүӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Чараҥнаах сиртэн эрэҮс көс усталаахМэндэҥэ чараҥынКурдук чараҥыӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Сыһыыттан эрэАмма умнаһыгар баарСаһыл СыһыыттанОрдук алааһыӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Үрдүктэн эрэАҕыс биэрэстэ үрдүктээхДьааҥы хайатын курдукТаас хайа баарынӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.
Страницаиз36
СкороКнижный режим