Урууга уот оттор алгыс
Алгыстаах аал уотумАналлаах иччитэ,Алаас сыһыыАҥаар быһаҕаһын курдукАраҥас маҥан дьаарбаҥнаах,Суоһана турарСуорба хайа быһаҕаһынкурдукСуостуганнаах суостаахСуо хаан оһох дукдалаах,Алталаах атыыр сылгыАлын чөмчөкөтүн курдукАла хааҥсаар хататтаах,Ханчааһын тый быарынкурдукХатан тэбиэр эстэриилээх,Хаардаах бугул саҕаХардаҥ от саҕалаах,Түүтэх от курдукТүү иһигэй кыалаах,Буруо уоллаах,Кыым кыыстаахКыырык төбө,Бырдьа бытык,Хатан суоһуйа,Хаан чаҕаан,Көмүс ураанньык,Күөнэ көҕөччөр,Алтан баһырҕасАан Уххан Тойон эһэм,Тулуу бараан тойоноТуора чанчыкТуораххай бахсы,Иэримэ дьиэ иччитэЭрбэгэй баттахИэрэгэй бахсы,Хотон уорук иччитэХолбуу баттахХотой бахсы,Тиэргэн иччитэТэриир баттахТиэрэгэй бахсы,Туспа үрэхТуҥуй ыччатаТус бэйэбитигэрТуһааннаах кэргэнБуола кэллэ,Атын алаасАла ыччат оҕотоАнал бэйэбитигэрАналлаах оҕоБуола кэллэ,Тас өттүбүтүттэнТаас уллуҥах киирдэ диэҥҥитТаһарахсытаСаныыр буолаайаҕыт,Туора өттүбүтүттэнТуос уллуҥах киирдэ диэҥҥитТуоххаһыйа саныыр буолаайаҕыт.Саха киһиСалаллар саргытынан,Урааҥхай сахаУтумнаһар оҥоруутунанАлтан сэргэни анньа,Аал уоту айгыһыннара,Алаһа дьиэни ахталыта,Үрүҥ дьиэни үрэччилии,Хара дьиэни хараччылыы,Иэримэ дьиэни иччилии,Улаан түптэни олохсута,Сатыы бүкээҕи саайа,Тоҕой сэлэни тиирэ,Таалай тиэргэни тарҕата,Төлкөлөөх түһүлгэни төрүттүү,Алгыстаах араҕас чэчири анньаАттанан кэлбитАлгыстаах күнэ буолла.Күн Эбэлэрим,Күүккэйэ көрүмэҥ дээ!Айыы Эдьиийдэрим,Атыҥырыы санаамаҥ дээ!Дьонноһо кэлбит оҕоҕутунДьоллоох хонноххутугарХорҕотуҥ,Кэргэннэһэ кэлбит киһигитинКэскиллээх киэлигитигэрКиллэриҥ.Абааһы аймаҕа айарАлбастаах суолун аҕалымаҥ,Көстүбэт улууһа көбүтэрКөргүн суолун көрдөрүмэҥ,Аан дойдуАлбастаах санаалааҕынанАтаҕастатымаҥ,Күн сиринКөлдьүн сүрэхтээҕинэнКүөмчүлэтимэҥ,Аймах чаҕал буола кэлбитАча ыччат оҕоҕутунАһаныылаах оҕо гынанОлохтотон иитиҥ,Дьонноһо кэлбитДьуондьаҕай ыччаккытынДьоһуннаах оҕо гынанДьоллоохтук оҕолооҥ,Атаархаспат ааккытыгарАлгыстаах аһатыы,Күнүүлэспэт күндү.Уруй-айхал!Уруй-айхал!Уруй-айхал!
Страницаиз36
СкороКнижный режим