Билбит-көрбүт. (Дьүлэй Бүөкээн чабырҕаҕыттан быһа тардыы)
Кынаттаах кырасыабайынКыталыктан ордукКырасыабай куоластаахКыылы көрбөтөҕүм.Хотоҕойдоох боһомотуттанКубаттан ордукКуорсуннаах толуутунЧопчу көрбөтөҕүм.Тыҥырахтаах кырдьаҕаһаБар дьаҕылтан ордукБаһаам улаханТыҥырахтаах көтөрүБыыһаан көрбөтөҕүм.Хабан ылар хаадыатХапсаҕай айахтаах,Туораабыты тоҕо тардарТорҕон бөрөттөн ордукДохсун ороскуоттаах кыылыДуол билбэппин.Ардай аһыылаахтан,Куһаҕан киҥнээхтэнХагдаҥ эһэттэн ордукХардааччы кыылы харахтаабатаҕым.Кынаттаах кытыгыраһаКырбыйтан ордукКытыгырас кыылыКыайан билбэтэҕим.Сиппитин сиир сигилилээх,Туппутун тоҥсуйар удьуордаах,МорускуойунанМохсоҕолтон ордукМодун кыылыБулан көрбөтөҕүм.Боһомо бултанУлуу буур тайахтан ордукБотуччу булдуБулан көрбөтөҕүм.Кынаттаах кыратыттанӨлөҥ хабдьытыттан ордукКыра көтөрүКыайан көрбөтөҕүм.Сынтарыйбат тумустаахтанКиргилтэн ордукСыппаабат тумустааҕыСытаан билбэппин.Сытыы тиистээхтэнКуобахтан ордукСыппаабат тиистээхСылайбат сыҥааҕыСыаналыы саныыбын.
Страницаиз36
СкороКнижный режим